Леонид Попов
«Сахам сирин таптыыбын»
Сахам сирин таптыыбын,
Сайылыгын ырыатын,
Сааскы күнэ тахсыытын,
Сарыал тыгар күөх тыатын, -
Сахам сирин таптыыбын.
Сахам сирин таптыыбын,
Саамал кымыс утаҕын,
Санньыар хомус тыаһыырын,
Саарба, саһыл бултааҕын, -
Сахам сирин таптыыбын.
Сахам сирин таптыыбын,
Санаа курдук дэлгэй
Сандал күннээх сыһыытын,
Сайдар, үүнэр үчүгэй
Сахам сирин таптыыбын!
“Төрөөбүт төрүт буорум – Саха сирэ!”
Эн күөрэгэй ырыалаах алаастаргын,
Эн бултаах-алтаах халыҥ тайҕаларгын,
Эн балыгыгнан күндүлүүр күндү күөллэргин,
Эн күрүлгэннээх сүүрүктээх үрэхтэргин,
Эн кырса мааны туундараҕын,
Эн былыттыын аалсар хаардаах хайаларгын –
Бука-барытын, бука-барытын,
Оо, таптыыбын, төрөөбүт төрүт буорум –
Сахам сирэ!
Кыһыны мутук тостор
Хабараан тымныыгын,
Сайынын сүрэҕи умата
Өрүҥүрүк куйааскын,
Ханна да,
Ханнык да бэйэлээх дойдуга
Ыраатан, тэлэһийэн сылдьаммын
Мэлдьитин долгуйа ахтабын,
Ахтабын, оо, төрөөбүт төрүт буорум –
Сахам сирэ!
Эн үүнэр аналлааххын,
Эн үрдүүр дьылҕалааххын,
Эн алмаас сарыаллааххын,
Эн күн төрүүр көмүс хайатын,
Эн Россия маанылаах кыыһаҕын!
Эйигинэн киэн туттаммын,
Сүрэҕим үөрүүтүн, уруйун-айхалын
Партия, бар дьоммор анааммын
Мин бүгүн ыллыахпын-туойуохпун баҕарабын,
Оо, төрөөбүт төрүт буорум – Сахам сирэ.